Интересные природные места

Атамайский

1.    «Чэкчэңэ сиһэ» - «В.Д.Лонгинов маһа»

Советскай Союз Геройа Владимир Дионисович Лонгинов аҕата Дионисий Евстафьевич 1919 сыллаахха көһөр сылларыгар хаалларбыт бэлиэ маһа.

Бѳһүѳлэктэн – 5 км.


2.  «Ытык Эбэ» сайылыгар 1994 сыллаахха Эдьиий Дора арчылаабыт, ыраастаабыт маһа.

Бѳһүѳлэктэн – 5 км.


3. «Ытык тиитэ». Советскай Союз Геройа В.Д. Лонгинов аҕата Дионисий Ефстафьевич «Ампаардаах» сайылыгар «Биэ ѳлбүттэн» киириигэ тиит маска быһаҕынан хаһан кириэс оңорбут.
Бѳһүѳлэктэн – 10 км.

4. «Күүлэччимэ» күѳлэ – нэһилиэккэ саамай улахан күѳл.

Былыр – былыргыттан дьон мустан балыктыыр, андылыыр, кустуур сирэ.

Бѳһүѳлэктэн – 30 км.


5. «Тукала» үс тукалаттан турар, кумахтаах ойуур. Кыра харыйа, бэс мастардаах барыта кумах сир. Болбукта (Кедровый стланик) үүнэр сирэ.

Бѳһүѳлэктэн – 30 км.


6. «Түгэнэ» үрэҕэ - кырылас таас үрэх, хайалаах, балык арааһа үѳскүүр үрэҕэ.

Бѳһүѳлэктэн – 60 км.


7. «Дьүктүѳнэ» үрэх, Атамай нэһилиэгин ытыктабыллаах үрэҕэ. Дьүктүөнэ эбэ үрдүгэр Бэс-Күөлүөн бөһүөлэгин олохтоохторо олохсуйан олороллор.
Уһуна – 150 км.

8. «Мас арыыта» - Капитон Яковлев икки этээстээх ампаара. Яковлев Капитон Яковлевич – 1898 сылаахха Нам улууһун II Атамай нэһилиэгэр таҥара дьиэтин үксүн бэйэтин үбүнэн, сороҕун олохтоохтортон харчы тутан туттарбыт кинээһинэн буолар.
Бѳһүѳлэктэн - 25 км.




2ГИС